Новости

Бугунну куннэ а5ам саастаахтары кытары айылҕаттан сэниэ, күүс ылан, сынньанан, кэпсэтэн, хаартыска5а туьэн олус сэргэхтик, истинник сырыттыбыт.

2004 сылтан саҕаламмыт "Кросс нации" Арассыыйаҕа спорт саамай маассабай тэрээһинигэр, Быракаан нэһилиэгин олохтоохторо көхтөөхтүк кытынныбыт. Маассабай сүүрүү тэрээһинигэр кыттан бары дуоһуйдубут.
Сүүрүү кыайыылаахтара, бастыҥнара грамотанан мэтээлинэн, өйдөбүнньук бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар.
«Спорду кытары бииргэ буолуохха!» диэн Быракаан...

Бэс ыйын 15 күнүгэр Быракаан нэһилиэгэр Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, СӨ оҕо -аймах, Үөһээ Бүлүү улууһугар түмсүү сылын чэрчитинэн үрүҥ тунах ыһыах буолла. Ыһыахпыт маанылаах, ытыктабыллаах ыалдьыта алгысчыт Трофим Васильевич Миронов - Бэргэн ыһыахпытын алгыстаан Быракаан нэһилиэгин олохтоохторо, ыалдьыттара санаалыын ырааһырдыбыт. Үгэс быһыытынан...

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн биллэриллибит оһуохай күнүгэр аналлаах ДОБУН ОҺУОХАЙ" тэрээһин чэрчитинэн Өргүөт нэһилиэгэр ыытыллыбыт ыам ыйын 29 күнүгэр сэргэх тэрээһиҥҥэ Быракаан нэһилиэгин оһуохайы , норуот ырыатын сэргээччилэрэ,сүгүрүйээччилэрэ тэрээһиҥҥэ кыттан сэргэхсийдибит, саха буолан сандаардыбыт, самаан сайыны уруйдаан оһуохайдаан...

Саха сиригэр Пионерия 100 сааһыгар,тапталлаах улууспутугар Түмсүү сылын чэрчитинэн нэһилиэкпит түөлбэлэрин олохтоохторо,оҕолоро самаан сайыны уруйдаан , айылҕаҕа тахсан дуоһуйа сынньанныбыт.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн биллэриллибит Оһуохай күнүгэр аналлаах оҕолорго оһуохай туһунан билиһиннэрдибит, кэпсээтибит. Оҕолор бары көхтөөх кыттыыны ыллылар, сахалыы тыыннаах тэрээһин ааспытыттан олус сэргэхсийдилэр, оһуохайы биллилэр. Тэрээһин түмүгэр оҕолор тута хоһуйан этэргэ холоннулар.

Создайте свой сайт бесплатно! Этот сайт сделан с помощью «Webnode». Создайте свой собственный сайт бесплатно уже сегодня! Начать