Байанай ыйыгар аналлаах туелбэлэр икки ардыларыгар "Байанайдаах булчут" курэх...
Бүгүн, сэтинньи ый 18 күнүгэр, Быракаан нэһилиэгэр төрүт култуура киинигэр Байанай ыйыгар аналлаах түөлбэлэринэн «Байанайдаах булчут» күрэх буолла.
Түөлбэлэртэн 3-түү нэһилиэк эр хоһууннара күрэс былдьастылар.
7 түһүмэхтээх күрэххэ эрчимнээхтик " Эрчим" түөлбэ 🥇 миэстэни ылан, грамотанан, 9000 тыһыынча суумманы ылан өрөгөйдөөтүлэр. 👏
🥈миэстэни " Саһарҕа " түөлбэ ылан грамотанан, 6000 суумманан наҕараадаланнылар. 👏
🥉бочуоттаах миэстэни "Сайдыы" түөлбэ активист эр дьоно ылан, 3000 суумманан , грамотанан биһирэннилэр. 👏
Күрэх олус тыҥааһыннаахтык, сэргэхтик буолан, тэрийээччилэр, кыттааччылар, көхтөөх көрөөччүлэрбит бары астынан тарҕастыбыт.
Түгэнинэн туһанан күрэхпитин спонсордаабыт нэһилиэкпит тэрилтэлэригэр, "Сиһик" эбээлэр түмсүүлэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!👏🙌