"Көмүс сүүтүк", "Сиһик", "Үмүлүүн" эбээлэр түмсүүлэрэ

11.01.2023

Тохсунньу 5 күнүгэр Быракааннааҕы төрүт култуура киинигэр, "Биһиги күүспүт-түмсүүгэ!" общественнай түмсүүлэргэ аналлаах дьоро киэһэ бэрт сэргэхтик ааста. Түмсүүлэр 4 түһүмэхтээх күрэххэ оҥостон кэлэн , дьоһуннаах күрэх буолла.

Ол курдук 1 бастакы түһүмэх: Музыкальнай эҕэрдэ.2 түһүмэх: "Символ года" -мааска күрэҕэ. 3 түһүмэх: Саҥа дьыллааҕы театрализованнай представление. 4 түһүмэх - Пародия. Тыҥааһыннаах күрэхпит түмүгүнэн:

1 миэстэни - "Сиһик " эбээлэр Быракаан нэһилиэгэ эбээлэр түмсүүлэрэ.

2 миэстэни - "Көмүс сүүтүк" Үөһээ Бүлүү улууһа

3 миэстэни - «Үмүлүүн» Өргүөт нэһилиэгэ.

Маны таһынан сэргэх кэпсэтии , ылбаҕай ырыа да ылланна, үҥкүү сиэдэрэйэ,көрдөөх оонньуу арааһа. Түмүккэ бары бу тэрээһини үгэскэ кубулутан эһиил Өргүөт нэһилиэгэр көрсүөх буоллубут.

Создайте свой сайт бесплатно! Этот сайт сделан с помощью «Webnode». Создайте свой собственный сайт бесплатно уже сегодня! Начать