Сомоҕолоһуу күнүнэн!

03.11.2021

Убаастабыллаах Быракаан нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ!

Эһигини Cомоҕолоһуу күнүнэн итиитик-истиҥник Быракаан култуура киинин аатыттан эҕэрдэлиибит!

Бу бырааһынньык биһиги судаарыстыбабыт, Өрөспүүбүлүкэбит, улууспут историятыгар дойду туһугар сомоҕолоһуу, патриотизм, гражданскай эппиэтинэс холобурунан буолар. 

Сомоҕолоһуу күнэ - Ийэ сирбит инники кэскилин туһугар үрдүк эппиэтинэс уонна эр санаа холобурунан буолар. Сахабыт сирин туһугар, улууспут, нэһилиэкпит туһугар киэн туттуу, кини инники сайдыытын туһугар биир сомоҕо буолан үлэлиир-хамсыыр - биһигини барыбытын ситимниирин, түмэрин умнуо суохтаахпыт!

Күндү биир дойдулаахтарбыт!

Баҕарабыт эһиэхэ айымньылаах үлэҕитигэр ситиһиилэри, үгүс үөрүүнү-көтүүнү уонна табыллыыны. Бары саҕалааһыҥҥыт уонна былааннаабыккыт олоххо киирдиннэр, көлүөнэ ыччаккыт чэчирээтин, туруктаах олохтонуҥ, дьоллоох буолуҥ!

Создайте свой сайт бесплатно! Этот сайт сделан с помощью «Webnode». Создайте свой собственный сайт бесплатно уже сегодня! Начать