Вечер отдыха "Эдэр сааһым ахтылҕана" посвященный ко дню пожилых
08.10.2024
БЫРАКААН НЭҺИЛИЭГЭР Аҕам саастаахтар күннэригэр аналлаах "Эдэр саас ахтылҕана" бырааһынньыктааҕы тэрээһин Христофор Максимов ырыаларынан музыкальнай дьүһүйүүнэн саҕаланан, нэһилиэкпит аҕам саастаахтарын сэҥээриилэрин ылла.
Бу дьоро күн бырааһынньыктааҕы сандалы тула мустан, сэлэһэн, оҕолуу оонньоон-көрүлээн, эти-хааны чэбдигирдэр хамсаныылары оҥорон, аҕам саастаах биир дойдулаахтарбытыгар ураты киэһэ буолла.
Доруобай,чэгиэн буолуҥ диэн баҕа санаа бастыҥын этэбит.